Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Сахамин & Розалина Файрушина - Таптыыбын | Текст песни

Pesni.guru - сайт для Гуру

1. Сибэккилээх сыһыынан
Үөмэр-чүөмэр үктэнэн
Тэлээрбэхтээн иһэҕин,
Аал лыаҕыныы көтөҕүн.
Нарын солко хатыҥнар
Сэлэлээхтии үүнэллэр,
Эйиэхэҕэ эйэргээн
Эймэҥнэһэн ылаллар.
Суугунуур хатыҥнар
Сипсиһэр курдуктар:
"Таптыыбын".

2. Кустук өҥүн арааһа
Толбоннурар суһуоххар,
Күн күлүмэ сөтүөлүүр
Эйэҕэстиир хараххар.
Ол күлүмҥэ мин көрдүм
Ыраас санаа иэйиитин,
Сүрэхпинэн сэрэйдим:
Таптыыр эбит сэгэрим.
Сүрэхтэр тэптилэр,
Үөрүүнү туойдулар:
"Таптыыбын!"

3. Сииккэ түспүт аналым,
Окко түспүт оҥоһуум,
Арахсыспат доҕорум,
Эн буолбуккун, көмүһүм.
Күнүм сирин күндүтүн,
Кэрэтин, үтүөтүн
Эйиэхэҕэ көрөбүн,
Эйиэхэҕэ булабын.
Доҕоруом, эн истиий
Сүрэҕим кистэлин:
"Таптыыбын!".

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-