Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Павел Семенов - Абылаама | Текст песни

Pesni.guru - сайт для Гуру

Доҕоруом, эн тоҕо миигин
Абылыыр курдук туттаҕын,
Эн этиий, эн этиий!
Сирэйгин тоҕо кистиигин,
Тэтэркэй имнэргин миэхэ
Көрдөрүүй, көрдөрүүй!

Хос ырыата:

Тапталбын эйиэхэ этиэм,
Ырыабын ыллыам.
Күөрэгэй чыычаахпар холооммун,
Күн тыгар сардаҥатын мин
Сабардаан ылыам,
Бэлэхтиэм эйиэхэ доҕоруом!

Оо, эрэлбин сүтэримэ,
Эн сыыска-буорга тэпсимэ,
Өйдөөрүүй, өйдөөрүүй,
Эйигин эрэ мин буллум
Атыттартан ордороммун
Өйөөрүүй, өйөөрүүй!

Хос ырыата.

Аналым, баҕар, эн буолуоҥ
Таайтараммын ыйытабын.
Эппиэттээ, эппиэттээ,
Саарбахтыыр мунаарар күммүн,
Инники кэлэр кэскилбин
Эн түстээ, эн түстээ!

Хос ырыата.

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 3
Видео
Нет видео
-