Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Михаил Семенов - Сулустар | Текст песни

Pesni.guru - сайт для Гуру

Күһүҥҥү хараҥа түүннэри
Барыттан ордорор эбиппин,
Ол эрэн аймыыллар сүрэхпин,
Тоҕотун мин бэйэм билбэппин.

Мин манна харданы көрдүүбүн
Үөр сулус чаҕылхай уотугар,
Билэргит буолуо дуо, сулустар,
Түүн ахсын мин тугу түһүүрбүн?

Аргыыйдык умайар чүмэчим,
Күөдьүтэр араас үөр толкуйу -
Ханнык мин оҥордум буруйу?
Тоҕо дьиҥ аналбын билбэтим?

Сулустар, мин өссө эдэрбин,
Өссө да этэрбин этиэҕим,
Бар дьоммор кэрэни тиэрдиэҕим,
Дьоллонуом - мин ону билэбин!

Ыйытыҥ - харданы булуоҕум
Күнтэн күн эбиллэр эрэйтэн,
Олоҕу олорон, үөрэнэн,
Бу сиргэ дьоллоох мин буолуоҕум!

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
    Нет видео
    -