Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Ирена Файрушина - Мичээргин кистээмэ | Текст песни

Pesni.guru - сайт для Гуру

1.Эн сырдык тырымнас хараҕыҥ
Мэлдьитин мичээрдээх көрсүөҕүн
Ол мичээр суоhунан угуттаан
Бу миигин муҥутуур дьоллооҕун
Күлүгэ суох сырдык санаабын
Олоххо тардыhар дьулуурбун
Иэйиилээх мин ыраас баҕабын
Төптөрү аспаккар көрдөрөн

Х/ы Олоххо соҕотох хаалларан
Хомотон эн баран хаамыма
Кэтэhэр сүрэхпин ытатан
Мичээргин миигиттэн кистээмэ

2.Тулуйуом бу уйуом суоҕа мин
Мичээрэ суох курус көрүүгүн
Мин суохпар эн эрэ сүтүктээн
Тулаҕын көрүммэт буолуугун
Атыны барытын уйуоҕум
Дьон хобун дьон тымныы сыhыанын
Эн эрэ бааргынан дьоллонон
Бэтиис дьылҕабын умнуоҕум

3.Эн сырдык тырымнас хараҕыҥ
Мэлдьитин мичээрдээх көрсүөҕүн
Ол мичээр суоhунан угуттаан
Бу миигин муҥутуур дьоллооҕун

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-