Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Виталий Очиров - Лээгим Миэнэ | Текст песни

Pesni.guru - сайт для Гуру

\"Лээгим миэнэ\" Виталий Очиров

1. Ахтан санаан кэллим билигин
Ахтылҕаммын аhараары
Лээгим миэнэ, дойдум миэнэ
Сахам сирин дьикти сирэ
Ыччаттаргын умнубаккын
Сэрэйэбин, эрэнэбин
Махтал буоллун эйиэхэҕэ
Күн сырдыгын көрдөрбүккэр

Х/ы Лээгим миэнэ Аммам баайа
Ийэ сирим, төрүт буорум
Ахтылҕаным, санньыар санаам
Барахсаным Лээгим миэнэ

2. Аҕам сааспар өhүө тирэх
Буоллун диэн куппар-сүрбэр
Мэлдьи суохтуур, түүлбэр көстөр
Төрүттэрбин көрсө кэллим
Дьылҕам суола атын эбээт
Биhикчээммэр эргилинним
Эбэм, эhэм өтөхтөрүн
Сөргүтэммин тилиннэриэм

3. Эрэл тыына кууhар миигин
Эн хайаатар да кэлиэҕиҥ
Ол туhугар оҕолорум
Олоруохпут, үлэлиэхпит

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-