Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

W1ld - Аннараа Дойду | Текст песни

Pesni.guru - сайт для Гуру

Мин талбаппын суолбун, аны саарбахтыыр буоллум,
Соҕотох айан суолун салгыам, эрэлбин туора киэр кыйдаатым,
Киhи икки олохтоох, орто уонна анараа,
Хайатыгар эмит толору дьоллоох, эрэллэх уонна тапталлаах.

1. Анараа дойду, биhиги түмүк суолбут,
Элбэх дьон онно тиийбит суол туолбат,
Сорохтор суох дииллэр, манан бүтэр дииллэр,
Өлүүттэн эргийбит дьон кэпсииллэр,
Эмиэ буруйу кэстим, кистиирим чуолкайа,
Элбэх өстөөхтөннүм, мунньубутум бэйэм,
Өссө да эдэрбин эчэйбитим элбэхтэ,
Хаан тохто турар ким да кэлэн тохтоппот,
Анараа дойдуга уолаттарым бааллар,
Хайдах гынаҕын миигин? ыл эбэтэр хааллар,
Баҕар онно сылаас, баҕар онно күннээх,
Баҕар тымныыттан барбыт уол билигин дьоллоох,
Күн-дьыл барбат курдук, өйдөөтөххө ыгым,
Чугас табаарыстаах этим да бу соҕотохпун,
Кыайбаппын ыараханы ыксал түгэннэргэ,
Аттыгар өйүүр киhиҥ суоҕа тымныы түүннэргэ...

2. Оҕо эрээрибин олохтон кэлэйдим диирим,
Дьоhуннаммыт эбиппин диирим бэйэбин сэниирим,
Ити ыйааҕы манна букатын чэрдийбит,
Дьолум күөрэгэйэ миэхэ тиийбэккэ эргийбит,
Туох накаастан бу курдук бутулуннум?
Хайа кырыыска эрэйдээн тутулуннум?
Билигин эдэрбин эчэйбитим элбэхтэ,
Хаан тохто турар ким да кэлэн тохтоппот,
Анараа дойдуга барбыттара оҕолор,
Кэскили сүгэ сылдьыбыт хаарыан бэт уолаттар,
Өлүү испиэhэгэр бу сылга кими суруйда?
Таҥара баар дииллэр араҥаччылаа,
Күн-дьыл барбат курдук, өйдөөтөххө ыгым,
Чугас табаарыстаах этим да бу соҕотохпун,
Күн-дьыл барбат курдук, өйдөөтөххө ыгым,
Туох накаастан туман курдук бутулуннум?!...

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-