Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

W1ld feat.Invent - Күүтэртэн Сэниэм Эстибэт | Текст песни

Pesni.guru - сайт для Гуру

Билэбин хайдах кыыс буоларгын
Долгуттум сүрэххин соhуччу
Дьикти мессуөн уларытта мичээрдиигин
Бириэмэм кыччыыр аҕыйах мүнүүтэ иhигэр
Таптаата сүрэҕим бүтүннүү
Өйдүүгүн таптал уустугун
Ыарахаттары тумуннум
Эн сырдаттыҥ дьол тылынан
Сайҕаатыҥ соҕотох дууhабын
Билигин дьоллоохпун дэнэбин
Yөрүү үтүөтүн кууhабын
Сэгэрбэр эйиэхэ билинэбин
Эн аатыҥ алыптаах, дьоллоох
Олорор олоҕум бастыҥа
Ону билбэттэр дьон сорох
Сырдык санаа бу барыта
Дьылҕабыт биhигиттэн үөрдүн
Улахан кэмнэр кэлиэхтэрэ
Суолбут инникитин быhа көрдүм
Ымсыыра көрөллөр сулустар
Халлааҥҥа аатыҥ суруллуо
Эн тускар мин кыhаллыам
Эйигиннэн эрэ олоруллуо

Х/ы Күүтэртэн сэниэм эстибэт
Эйигиттэн дууhам ытаабат
Күүтүөм этэ өр сылларга
Сыhыаны эн ыскайдаама
Олохпутун бииргэ түмэн
Сыhыаммытын харыстыахха
Инникигэ баар буолуохтаах
Эрэл уонна истиҥ таптал

2. Көрдүүр курдук тутабын өрүү
Арай сөрүүн салгын салгылыыр дууhабын
Онно таhырдьа тураммын
Күнтэн көҥүллэтиэм, ыйтан ыйытыам
Тугу саныыра буолуой кэрэ да кыыс онно
Онно саныыбын эйигин мин олус манна
Хаhан уонна ханна көрсүhэрбит буолуой
Отой остуоруйа курдук барыта буолла
Олоҕум суолтата эн хараххар хаалла
Билигин күүтэбин мин кэрэни эрэ
Онтон атыны миэхэ бириэмэ биэриэ
Онуоха дылы таптал кытыаста туруо
Тапталбыт син биир кытыаста туруо
Төhө да күүппүтүм иhин син биир
Бириэмэ миэхэ мэhэйдээбэтэр

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2
Видео
Нет видео
-